Новости
Абый улууһун Сыаҥааннааҕар тротуар оҥоһулунна
23 июля 2018

Абый улууһун Сыаҥааннааҕар былырыыҥҥы халаан содулуттан уулуссаларга сатыы да киһи хаамарыгар ыараханын иһин тротуар оҥоруохха диэн уопсай түмүккэ кэлбиттэрэ. Балтараа мөлүйүөннээх үлэни толорор куонкуруһун ИП «Зырянов А.Н.» кыайбыта. Ылсыспыт дьыалатын ситэрэр туһугар матырыйаалын Дьокуускайтан суол хаалыан иннигэр иэскэ киирэн аҕалтарбыта.

Сыаҥааннаахха биригээдэ үлэһиттэрэ халлаан туран биэрэрин кытта киин уулуссаҕа тротуары тэлгэтэн, тоһоҕолоон тиҥийэн барбыттара.

Үлэҕэ үөрүйэх дьон бу күннэргэ 800 миэтэрэ усталаах бөҕө-таҕа тротуары тэлгэтэн бүтэрэн эрэллэр. Олохтоохтор хаачыстыбалаах үлэни оҥоро сылдьааччыларга махталлара улахан.

 

 

Ааптар: Афанасий ИВАНОВ